08 ноября 2024
Барыта иннигэр!
Киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр тугу-тугу көрбөтөҕө, араас дьону-сэргэни кытта алтыспатаҕа баарай… Хас биирдии киһи — чочуллубатах күндү таас, кэпсэниллибэтэх сэһэн-сэппээн, арыллыбатах алыптаах хоппо буоллаҕа. Арай дууһа кыла таарыллан, күнэ-ыйа табыллан, тулалыыр эйгэтэ сөп түбэһэн талааннаах киһи арыллар, сибэкки курдук тыллар. Ардыгар айылҕа барахсан бэйэтэ анаан-минээн бу орто дойдуга “ай-тут” диэн ыйаахтаан ыытар. Ону өйдүүр киһи өйдүүр, уйар киһи уйар. Айылҕаттан айдарыы күүһүн мээнэ киһи уйбат. Сороҕор киһи бэйэтэ бэйэтин сайыннарар, ситэрэн-хоторон биэрэр, алмаас таастыы чочуйар, ис туругун, дууһатын кистэлэҥин дьонугар-сэргэтигэр арыйар, ис талаанын араас өҥүнэн күлүмүрдэтэр.
Мин оннук чочуллубут дьикти талааннаах, Амма ыраас уутунуу чаҕылыччы көрбүт, күн уотунуу сылаастык сыдьаайар сардаҥалаах, сылтан сыл аайы саҥаттан саҥаны айар-тутар, айылҕа силигилээн турдаҕына күн сирин көрбүт Марианна Васильевна Ефимованы бүгүн бэлиэтиибин, аатын дуорааннаахтык ааттыыбын.
Бастаан мин Марианна Ефимованы хореограф быһыытынан айар үлэтин кытта билсибитим. Чопчу 2004 сыллаахха саас, күммүт уһаан турар кэмигэр, куораттан Үөрэҕирии министерствотын аттестационнай комиссиятын чилиэнэ аатыран образцовай уонна народнай коллективтары көрө диэн ааттаан Аммаҕа кэлбитим. Көрүү барыта О.Иванова аатынан “Амма чэчирэ” оҕо эстетическэй киинигэр буолбута. Оччолорго култуура хотуна Евдокия Михайловна Сутакова аттыбар олорон эрэ сценаҕа тахсыбыт коллективтар тустарынан сиһилии кэпсии, билиһиннэрэ олорбута. Онно көрбүт үҥкүүм сүрэҕим чопчутунан киирэн, бу салайааччы үлэтин бэлиэтээбитим, атыттартан таһыччы туппутум, үлэтин сөхпүтүм. Көстүүм, музыка, грим, оҕолор ис туруктара, үҥкүү ис хоһоонун арыйар ааптарскай хамсаныылар – барыта уһулуччу сонун уонна үрдүк таһымнааҕа. “Бу коллектив салайааччыта кимий?” диэн ыйыппыппар коллегаларым Николай Николаевич Терютин, Александра Саввична Архипова, Үөрэҕирии министерствотын эбии үөрэхтээһин салаатын специалистара, олус киэн туттан туран: “Дьэ, ити Амма улууһун биир саамай чаҕылхай ансаамбыла уонна салайааччыта Марианна Ефимова. Кини үҥкүүлэрэ барыта дириҥ ис хоһоонноохтор. Мээнэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай коллектива буолбат буоллаҕа. Өссө Российскай Федерация образцовай аатыгар докумуоннарын толорон ыыппат буоллахпыт дии” диэн астынан туран кэпсээбиттэрэ. Ол күн «Очуос таас суруктара» (Е. И.Неустроев музыката, А.Н. Филиппова көстүүмнэрэ) уонна «Дириҥ Үрэх» (Е.И.Неустроев музыката, М. Ефимова көстүүмнэрэ), «Кудай Бахсы» (В. Сивцев музыката, А.Н. Филиппова көстүүмэ) үҥкүүлэр мин куппут туппуттара.
Бу күнтэн ыла кэлин арахсыбаттыы Марианна Васильевналыын алтыһар айар аартыкка биллибэтинэн үктэммит эбиппин дии саныыбын. Кини айар үлэтин бастакы хардыыларыгар Егор Ильич Неустроев уонна Августина Николаевна Филиппова курдук талааннаах дьон аргыс буолбуттара элбэҕи этэр. Бээ, манна диэн эттэххэ „тыыппалааҕын, көрүүтэ-билиитэ киэҥин, тулалыыр эйгэни дууһытын иминэн көрөрүн“ бэлиэтии көрбүт буолан бастакы олугу уурбуттар дии саныыбын.
Кэлин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинигэр уонча сыл ааспытын кэннэ 2015 сыллаахха „Танец длиною в жизнь“ диэн айар үлэтин кытта билсиспитим. Онно Марианна Васильевна режиссер, үҥкүү туруорааччы, художник-модельер, сценарист, артистка быһыытынан көрөөччүлэргэ кэрэ киэһэни бэлэх ууммута. Ол тухары эн-мин дэсиһэн бииргэ алтыһа илик этибит. Ыраахтан чуҥнааһын, кэтээн көрөөһүн, талааныгар сүгүрүйүү эрэ баар этэ. Ол киэһэ саҥа үҥкүүлэринэн, ураты көрүүлэринэн (идеятынан) миигин сөхтөрбүтэ. Мин хайдах эрэ „үҥкүү поэзиятын“ курдук ылыммытым бу дьүһүйүүнү. Үҥкүү эмиэ поэзиялаах, аҥаардас тэтим эрэ буолбакка дьикти тыыннаах, киһи дууһатын кылын таарыйар куттаах-сүрдээх эбит диэн миигин өссө күүскэ толкуйдаппыта. „Язык танца“ , „поэзия танца“, „дух танца“, „душа танца“ – бу барыта иирэ талах курдук имигэс, көрдөххө нарын-намчы, сүрдээх сэмэй майгылаах кэрэ киһиттэн сценаҕа дьүһүйүү буолан, көрөөччү сүргэтин көтөҕөллөрүн, толкуйдаталларын киһи эрэ сөҕөр. Марианна туруорааччы режиссер быһыытынан көрүүтэ дириҥиттэн, элбэҕи билэ сатыырыттан, бэйэтин айар киһи быһыытанан атыттар курдук тиксибит ситиһиилэргэ хаайтаран хаалбакка, бэйэтигэр үрдүк ирдэбиллээҕиттэн олус улахан тутулуктаах. Хаһан баҕарар, ханна баҕарар бэйэҕэ үрдүк ирдэбил элбэҕи оҥорор. Аҥаардас кини үҥкүүлэрин ааттарын ырытан да көрдөххө – мээнэ хореограф ылсыбат темата – краеведение, история, фольклор. Бу хайысхалар киһиттэн төрүт үгэстэри билэри уонна сыаналыыры, дириҥ билиини ирдииллэр. Манна дьэ бэйэ үөрэниитин (самообразование) сүрүн сүнньүн туппатахха, кыаллыбат суол буолар.
Марианна Васильевна барыта 40 – чэ этнографическай, историческай, обрядовай, ритуальнай хайысхалаах үҥкүүлэр ааптардара. Атыннык эттэххэ сынайан, кэтээн көрөн үөрэтии, хайысхаларынан наардаан тутан көрүү түмүгэ — эмпирическай чинчийии буолар. Ол түмүгүнэн кини үҥкүү айан таһаарар. Бэйэтэ да билбэтинэн бу научнай хабааннаах үлэнэн дьарыктаммыта үйэ аҥарыгар чугаһаабыт эбит. Борустуой тэтимҥэ олоҕурбут үҥкүүлэртэн чыҥха атыттар, мини-спектакль буолаллар. Аны туруорааччы быһыытынан мээнэ музыкаҕа сигэммэккэ, сороҕор анал музыка төлөбүрүн сыанатыгар да аахыйбакка суруйтаран доҕуһуоллаттарара – бу эмиэ кини бэйэтин үлэтигэр ирдэбилин, тапталын көрдөрөр. Эдэр ыччаты кытта үлэлиир буолан буолуо, бастатан туран иитэр-үөрэтэр өттүн эмиэ көрөр дии саныыбын. Ол курдук, дойдуга таптал, айылҕа кэрэтигэр сүгүрүйүү, патриотическай темаларга туруорар. Ол курдук: «Аҕам суруктара» (Ольга Иванова мелодията, А. Колосова көстүүмэ), «Надежда Освенцима» (Т.Альбинони музыката, М. Ефимова көстүүмэ), «Музыка против забвения» (Джон Уильямс музыката, М. Ефимова көстүүмэ), «Кыайыы ардаҕа» уонна «Ильмен», «Уоланнар» (В. Сивцев мелодията, М. Ефимова көстүүмэ), «Кылыс үҥкүүтэ» уонна «Сонор» (Е.И. Неустроев музыката, М. Ефимова көстүүмэ) уо.д.а. үҥкүүлэр эдэр ыччаты иитэр, ийэ дойдуларыгар бэриниилээх буолалларын ситиһэр, иитэр суолталаахтара саарбахтаммат. Кини үҥкүүлэрин профессионаллар кэлин ырытыахтара дии саныыбын. Марианна Ефимова үөрэппит оҕолоро кини суолун салҕааннар култуура уонна искусство араас көрүҥнэригэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан киһи эрэ үөрэр. Бу буолар учуутал оҕоҕо дууһатын биэрэн туран үлэлиирин, дьарыктыырын түмүгэ.
Марианна Васильевна бэйэтин талан ылбыт идэтэ киниэхэ сирдиир сулус буолан СӨ эбии үөрэхтээһинин үрдүк таһымнаах педагога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ үрдүк ааттарга тиксэрбитэ, кинини толору дьоллуур, ол чахчы. Киниэхэ Амма эрэ улууһун култууратыгар буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ култууратыгар дьоһун кылаатын иһин култуура салаатыттан эмиэ сыанабыл баара буоллар дии саныыбын. Култуура салаата маны бэлиэтии көрүө диэн эрэнэбин!
Марианна Васильевна бу курдук өр сылларга туруорааччы-хореограф быһыытынан мискиллэн, такайыллан баран аны театральнай искусствоҕа улахан формалаах спектакллары туруорууга, ону таһынан литература эйгэтигэр инсценировка ааптардарын быһыытынан аҕыйах сылтан бэттэх бэйэтин холунан көрдө. Биирдиилээн аахтахха: И.Иванов „Чуумпу Бүлүү“, Елена Слепцова-Куорсуннаах „Адьырҕа“, биир дойдулаахтарын айымньыларынан К.Урастыырап „Былыргы дьыллар быыстарыгар“, Д.Наумов „Өлөҥнөөх суоната“, Ю.Борисов „Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр“ олоҥхо, ааптарскай инсценировкаларынан „Спорт туоната“, „Дьоллоох оҕо саас“, „Саһыл Сыһыы“. Аны туран жанрдарынан араардахха: драматическай эрэ испэктээх буолбакка музыкальнай, историческай драма, театрализованнай дьүһүйүүлэр, кэмиэдьийэ. Бу үлэлэринэн араас таһымнаах театральнай күөн-күрэстэргэ кыттан ситиһиилэрэ эмиэ үгүс. Мин бу тэрээһиннэргэ дьүүллүүр сүбэ буоламмын кини туруорууларын билэбин. Театральнай күөн-күрэстэргэ хайаан да турбут спектакллары ырытыы, режиссердарга сүбэ-ама биэрии буолар. Спектакль туруоруута туспа уратылардаах, ыарахаттардаах, бэйэтэ туспа ирдэбиллэрдээх буолар буоллаҕа. Ол кистэлэҥнэрин баһылыырга хайаан да анал үөрэх ирдэнэр. Ол туһунан баҕа санаабын биирдэ Марианна Васильевнаҕа этэн турардаахпын. Ханнык баҕарар ырытыы ардыгар режиссерга ыараалаахтык иһиллээччи. Дьэ, ону, дьүүллүүр сүбэ, ааттыын да сүбэ буоллаҕа дии, сүбэ-ама быһыытынан этэр-тыынар. Ону ылынар киһи ылынар. Бэйэтин айар үлэтигэр ирдэбиллээх, дьиҥнээх патриот, өһөс хааннаах эрэ салайааччы барытын истэн, ыраҥалаан баран, аныгыс кыттыытыгар сайдан, саҥаттан саҥаны аҕалан көрдөрөр. Ол курдук, Марианна Васильевна идэтин өссө дириҥник билээри, саҥа сүүрээни киллэрээри анал режиссер үөрэҕи быйыл үбүлүөйдээх сылыгар ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Бу ситиһиитэ — саҥа айар аартыкка үктэммит айар дьоҥҥо холобур буолар!
Киһи олорорун тухары үөрэниэхтээх, сайдыахтаах, үрдүктэн үрдүккэ дабайан иһиэхтээх. Араас ыарахаттарга, ситиһиилэргэ тохтоон хаалбакка бүгүҥҥү күҥҥэ Марианна Васильевна инньин диэки эрэллээхтик күрдьэр, талаһар, сайдыы суолун тутуһан үлэлии-хамныы сылдьар.
Киниттэн өссө да дириҥ ис хоһоонноох айымньылары күүтэбин. „Өссө да киэһэрэ илик“, Марианна диэхпин баҕарабын! Барыта иннигэр, кэлэр кэскилгэр.
Өссө төгүл бу үөрүүлээх үбүлүөйдээх сылын ситиһиилэринэн, саҥа сүүрээннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин уонна алгыспын тиэрдэбин:
Санаабытыҥ сатанан, айбытын айхалланан истин! Дьонуҥ-сэргэҥ тапталыгар уйдаран үөһэттэн үөһэ дабайан ис! Үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ саҥаттан саҥа кэскиллэри түстээтиннэр! Ай-тут, алгыстаах айар аартыгын аргыстардаах буоллун! Айар кут киэҥ нэлэмэн эйгэтигэр эрэллээхтик эрдинэн ис! Тускуо!
РФ театральнай деятэллэрин сойууһун
уонна СӨ театральнай деятеллэрин правлениятын чилиэнэ,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
Амма улууһун Алтан уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо
Саргы Саввична Адамова-Алтан Кыыс
(сэтинньи ыйа, 2024 с.)