«Дополнительное образование для детей в РС(Я)»
«Тойбохойский республиканский историко-краеведческий комплекс Г.Е. Бессонова»
РООЦ «Сир уустара»
Центр тестирования ВФСК ГТО
«Дополнительное образование для детей в РС(Я)»
«Тойбохойский республиканский историко-краеведческий комплекс Г.Е. Бессонова»
РООЦ «Сир уустара»
Центр тестирования ВФСК ГТО

Хатаска агро оскуолалар ыһыаҕа буолан ааста

10 июня 2024

Саха Өрөспүүбүлүкэтин агро оскуолаларын ыһыаҕа  бэс ыйын 7 күнэгэр П.Н. уонна Н.Е  Самсоновтар ааттарынан Хатасс орто оскуолатын тэрийиитинэн урдук таьымна  буолан ааста.

Үлэни өрө тутар агрооскуолалар күөххэ үктэнэр, сайыны көрсөр Үрүн Тунах Ыhыах  биир тыыҥҥа түмүллэн, бэйэ кыа5ын билиhиннэрэр, уопут атастаhар усулуобуйаны тэрийэн, дьону-сэргэни уhун кыhын кэнниттэн сынньатар, сэргэхситэр уонна сахалыы тыыннаахпытын көрдөрөр, улэhит дьиэ кэргэттэрин билиhиннэрэр, төрүт дьарыктарбытынан, талааннаах, дьо5урдаах, быhый дьоммутунан киэн туттар Ыhыах буолан ааста.

 

Ыһыах аһыллыытыгар алгыс тыллара этиллиннилэр, сиэр-туом толоруллунна. Эҕэрдэ тылларын тиэртилэр: Петр Петрович Кондратьев — агро оскуолалары төрүттээччи; Антонина Афанасьевна Григорьева —  Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ; Семен Викторович Иванов – уорэх министиэристибэтин уопсай уонна эбии уорэхтээьиннэ департаменын салайааччыта; Петр Гаврильевич Дягелев  — агро оскуолалар сойуустарын салайааччыта.

Кун устата ыьыах куонкурустара уонна курэхтэрэ урдук кууруулээхтик, тэрээьиннээхтик, буолан аастылар.

Күрэхтэһии түмүгэ.

Бастыҥ уонна Саламааттаах сандалы түһүлгэ – 12 оскуола кытынна.

1 үрдэл — П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата, Дьокуускай;

2 үрдэл — П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата, Дьокуускай;

3 үрдэл — П.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолата, Хаҥалас;

“Үйэлээх үгэстээх оскуола” анал аат – И.Е. Федосеев аатынан Дирин агро оскуолата, Чурапчы;

“Амтаннаах ас” анал аат – М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата, Таатта;

“Кэрэ киэргэтии” анал аат – Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ-Хаҥалас;

“Кэрэ кэрэһит” анал аат – Суотту орто оскуолата, Уус-Алдан.

 

Агро оскуола бастыҥ дьиэ кэргэнэ – 7 кыттааччы.

“Бастыҥ дьиэ кэргэн” кыайыылаах – Александровтар дьиэ кэргэн (Абаҕа орто оскуолата, Амма);

“Талба талааннаах дьиэ кэргэн” – Терентьевтар дьиэ кэргэн (Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ-Хаҥалас);

“Сахалыы сиэрдээх мааны ыал” – Петровтар дьиэ кэргэн (Дирин агро оскуолата, Чурапчы);

“Асчыт ыал” – Старковтар дьиэ кэргэн (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

“Кэнчээри ыччаттаах” анал аат – Григорьевтар дьиэ кэргэн (Маҕарас орто оскуолата, Горнай);

“Сатабыллаах дьиэ кэргэн” анал аат — Обоюкиннар дьиэ кэргэн (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай);

“Интернациональнай дьиэ кэргэн” анал аат – Голоковтар дьиэ кэргэн (Булгунньахтаах орто оскуолата, Хаҥалас).

 

Алгыстаах оһуохай — 10 кыттааччы.

1 үрдэл — Алексеева Жанна Власьевна (Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ-Хаҥалас);

2 үрдэл — Иванова Розалия Анатольевна (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма);

3 үрдэл — Монастырева Дария Павловна (Тыараһа орто оскуолата,  Таатта);

3 үрдэл — Бястинова Джулиана Максимовна (Тулагы орто оскуолата, Дьокуускай).

 

Агро дьүрүскэн – 12 кыттааччы.

Кылаан үрдэл — Попова Лариса Анатольевна (Дьохсоҕон орто оскуолата, Таатта);

1 үрдэл — Сабарайкина Гея Сергеевна (Тыараһа орто оскуолата, Таатта);

2 үрдэл — Лобанова Любовь Алексеевна (Бөтүҥ орто оскуолата, Амма);

3 үрдэл — Андросов Николай Михайлович (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай).

 

Оһуор мандар кырдала — 12 оскуолаттан кытыннылар.

“Традиционнай ыһыахха кэтиллэр дьахтар таҥаһа” кыайыылааҕа – Гаврильева Оксана Павловна (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай);

“Традиционнай ыһыахха кэтиллэр эр киһи сахалыы таҥаһа” кыайыылааҕа – Соколов Денис Дмитриевич (Булгунньахтаах орто оскуолата, Хаҥалас);

“Дьиэ кэргэн сахалыы таҥаһа” кыайыылааҕа – Старковтар дьиэ кэргэн (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

“Саҥалыы тигиилээх саха таҥаһа” кыайыылааҕа – Толстякова Марианна Алексеевна (Тыараһа орто оскуолата, Таатта).

 

Агро Боотур      — 8 кыттааччы.

“Агро Боотур” кыайыылааҕа – Чемпин Василий Николаевич (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

2 үрдэл — Пугачев Георгий Федорович (Дирин агро оскуолата, Чурапчы);

3 үрдэл — Уваров Ньургун Александрович (Булгунньахтаах орто оскуолата, Хаҥалас).

 

Көрүҥүнэн ситиһиилэр:

Үс төгүл үс:

1 миэстэ – Чемпин Василий Николаевич (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

2 миэстэ – Пугачев Георгий Федорович (Дирин агро оскуолата, Чурапчы);

3 миэстэ – Оконешников Егор Алексеевич (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай).

Сүүрүү:

1 миэстэ – Чемпин Василий Николаевич (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

2 миэстэ – Пугачев Георгий Федорович (Дирин агро оскуолата, Чурапчы);

3 миэстэ – Оконешников Егор Алексеевич (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай).

Мас тардыһыы:

1 миэстэ – Чемпин Василий Николаевич (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

2 миэстэ – Уваров Ньургун Александрович (Булгунньахтаах орто оскуолата, Хаҥалас);

3 миэстэ – Оконешников Егор Алексеевич (Хатас орто оскуолата, Дьокуускай).

Ох саа:

1 миэстэ – Пугачев Георгий Федорович (Дирин агро оскуолата, Чурапчы);

2 миэстэ – Уваров Ньургун Александрович (Булгунньахтаах орто оскуолата, Хаҥалас);

3 миэстэ – Чемпин Василий Николаевич (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам).

Таас көтөҕүү:

1 миэстэ – Уваров Ньургун Александрович (Булгунньахтаах орто оскуолата, Хаҥалас);

2 миэстэ – Чемпин Василий Николаевич (2 Хомустаах орто оскуолата, Нам);

3 миэстэ – Петров Никита Николаевич (Маҕарас орто оскуолата, Горнай).

 

Хаартыскалар