12 июня 2024
Бүгүн ытык Дүпсүн сиригэр өтөрүнэн буолбатах үөрүүлээх бэлиэ күн үүннэ. Сарсыарда 10 чаастан Дүпсүн дьоно-сэргэтэ бөһүөлэккэ киирии аартыкка тоҕуоруһа муһунна. Дүпсүннээҕи И.Д. Жирков аатынан космонавтика уонна авиация музейа тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах авиацияҕа, космоска аналлаах сквер аһыллыытын долгутуулаах түгэнэ саҕаламмыта.
Култуура бэтэрээнэ Ульяна Босикова алгыс тылынан саҥа сквер, кэлбит дьон арчыланнылар. Сквергэ киирии лиэнтэтин убаастабыллаах ыалдьыттар ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан кырыйдылар. Өндөл күөх халлааҥҥа музейы төрүттээччи И.Д. Жирков мэтириэттээх дрон үөһэттэн бар дьону эҕэрдэлээн тэлээрэ көтө дайда.
Улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, Дүпсүн нэһилиэгин баһылыга Николай Сивцев, оскуола дириэктэрэ Надежда Дорофеева, «Юные якутяне» республикатаа5ы ресурснай киин дириэктэрэ Ирина Черкашина, РФ салгын транспорын туйгуна, СӨ авиациятын бэтэрээнэ, музей попечителэ Николай Копырин, авиация бэтэрээнэ Черскэйтэн Леонид Борисов, Циолковскай аатынан космонавтика Российскай Академиятын чилиэнэ, академик, байыаннай наукаларга кандидат Константин Чмаров, «Дүпсүн» түмсүү салайааччыта Сергей Сивцев эҕэрдэ тыллары эттилэр. Скверы тутууга үлэлэспиттэр нэһилиэнньэ ортотугар наҕараадалары туттулар.
Үөрүүлээх аһыллыы оскуола оҕолорун ырыаларынан түмүктэннэ. Үөрүү-көтүү аргыстаах дьоро күн салҕанар.
Ыһыах АН-2 сөмөлүөт Россия, Саха сирин былаахтарын тэлимнэтэн ыһыахтыыр сири, бөһүөлэги биэстэ эргийэ сылдьан көтүүтүнэн аһылынна. Ыһыах алгыһын сиэрин-туомун СӨ народнай артыыһа Владимир Заболоцкай толордо. Салгыы авиация уонна космонавтика музейын үйэ аҥаардаах үбүлүөйүнэн бу эйгэҕэ үлэлэспит, күүс-көмө, өйөбүл буолбуттар, бастыҥ учууталлар наҕараадалары туттулар.
РФ Госдууматын депутата, космонавт-летчик, Россия Геройа Роман Романенко махтал суругунан инбэлииттэр ортолоругар дуобакка Россия гроссмейстера, музей попечителэ Петр Ушницкай, нэһилиэк баҺылыга Николай Сивцев, о.д.а., РФ сенатора Егор Борисов махтал суругунан авиация бэтэрээнэ, музей попечителэ Николай Копырин, Кузьмин аатынан бириэмийэ лауреата, авиация историятын чинчийээччи Василий Гоголев уо.д.а. бэлиэтэннилэр. СӨ Үөрэх министерствотыттан «Педагог-настаабынньык» аат – учуутал Раиса Протопоповаҕа, «СӨ учууталлар Учууталлара» аат соц. педагог Ирина Алексееваҕа ананна. Летчик-космонавтар Сергей Крикалев, Роман Романенко эҕэрдэни ыыппыттарын иһитиннэрдилэр. В.В. Никифорова-Күлүмнүүр аатынан Дүпсүннээ5и оҕону эбии үөрэхтээһин технопаркатын методиһа Кудрин Гаврил Гаврильевич СӨ үөрэҕириитин туйгуна бэлиэтинэн наҕараадаланна.
Кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар тыл этиилэрин кэннэ музей попечителэ Николай Копырин Саха сирин авиациятын Госкомнадзоругар үлэлии сылдьан кэппит көстүүмүн музейга бэлэх уунна. Салгыы музей араас сыллардааҕы экскурсоводтара, куруһуок чилиэннэрэ эҕэрдэ тылы эттилэр, учууталларын Иван Данилович Жиркову
иҺирэх тылынан ахтан аастылар.
Ыһыах түһүлгэтигэр үрдүгэр тута кыырай халлааҥҥа көтүөх ракеталаах сэргэ аһыллыыта тэрилиннэ.
Салгыы Дүпсүҥҥэ Авиация уонна космонавтика тиэмэтигэр «төгүрүк остуол» ыытылынна.
Технопарка мунньахтыыр саалатыгар кэлбит бочуоттаах ыалдьыттар кыттыылаах «төгүрүк остуол» тэрилиннэ. Мунньаҕы Циолковскай аатынан космонавтика Россиятааҕы Академиятын чилиэнэ Константин Чмаров салайан ыытта.
Видеосибээс нөҥүө «Восточнай» космодромтан космонавтика Академиятын Уһук Илин салаатын салайааччыта Игорь Алексеев, космодром кэккэ үлэһиттэрэ Владимир Касьяненко, Оксана Ерошенко, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков, Амма лицейиттэн Мария Захарова, Дьокуускай куорат коррекционнай оскуола-интэринээтин тэрийээччи педагога Анна Филиппова, о.д.а. үөрэнээччилэри авиация, космонавтика идэлэригэр тардыыга, дойду патриота буолан тахсыыларыгар иитии үлэтигэр санааларын үллэһиннилэр.
«Төгүрүк остуолу» «Юные якутяне» республикатааҕы ресурснай киин дириэктэрин солбуйааччы, 50 сыл анараа өттүгэр музейы төрүттээбит Иван Данилович Жирков уола Данил Жирков этиилэри учуоттаан салгыы үлэлэһиэхпит диэн эрэллээхтик түмүктээтэ.