09 сентября 2023
“Ойуунускай ааҕыылара” оҕо аймаҕы кэрэ айылҕалаах, ураты тыыннаах түһүлгэлэргэ төрөөбүт алааһыгар муста, отнон ИИС.УУС.АС эйгэтигэр улахан дьоннуун оҕолуун омук сатабылыгар күөн күрэс түһүлгэтигэр кытыннылар. Ол курдук Нерюнгри, Дьокуускай куораттан, Амма, Уус-Алдан, Нам, Чурапчы, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Томпо, Өймөкөөн, Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Халыма, Орто Халыма, Горнай, Уус Майа, Ленскэй, Ньурба, Бүлүү, Таатта-уопсайа барыта 2739 киһи кыттыыны ылла.
93
Эксперт үлэлээтэ
871
Кыттааччы
118
Ыҥырыылаах ыалдьыттар
69
Тэрийээччилэр
154
Культурнай программа кыттыылаахтара
137
Материальнай-техническай хааччыйыы дьоно
18
Культура, үөрэх волотердара
10
СМИ
16
Бизнес уонна урбаан эйгэтиттэн спонсордар
1253
Киһи сырытта, көрдө иһиттэ
Уопсай киһи ахсаана
2739 кытынна, көрдө иһиттэ.
Москваттан ВООПИИК салайааччыта Артем Геннадьевич Демидов Дальнай Восток уонна Сибиир коллегаларын- Алтай, Бурятия, Хакасия республикаларыттан,Забайкальеттан,
Магадан, Камчатка, Приморскай,
Новосибирскай, Омской, Томскай, Еврейскай автономнай, Сахалин областартан уонна Москваттан кэлбит ыалдьыттары, общественниктары кытары төгүрүк остуол ыытта. Чөркөөх түмэлин улаханнык сөхпүттэрин бэлиэтээтилэр. Музейга форуму көрөн астыннылар. Инникитин музей заповедник буолуу, көмөлөөн граҥҥа кыттыы боппуруостарыгар кэпсэтиилэр буоллулар.
Кэлбит экспердэр санаалара:
• “Бу тэрээһин научнай быһаарыыта- культурная антропология хайысхатын биир көрүҥэ буолар. Манна этнография, культорология, омук олоҕо-дьаһаҕа, кини сайдыытын чинчийэр, сабаҕалыыр уонна торумнуур түһүлгэтэ буолар” — Светлана Ивановна Петрова, историческай наука кандидата, ХИФУ преподавателя.
• “Андрей Саввич Борисов салайыылаах “Институт Геокультуного развития“ үөрэҕэрии салаата саха омук баай культуратыгар тирэҕирэн норуот бүттүүн сайдыытыгар бииргэ үлэлиибит. Бу тэрээһин киэн түмсүүлээх, дьон-сэргэ саҥа саҕахтары арыйарга, санаа атастаһарга эйгэ буолбута “ТҮМҮҮ” общественнай хамсааһын сүрүн өйдөбүллэрин сырдатыытын туоһулуур» — Алена Николаевна Роднаева, “Институт Геокультуного развития“ үөрэх салаатын методиһа.
• “Уус-уран оноһуктарбытын, норуот айымньыта тиллибитин уонна билиҥҥи кэм ирдэбилинэн саҥа көлүөнэҕэ бэриллэ, үлэлии, сайда турарын туоһулуур улахан тэрээһин буолла! “ Яна Викторовна Игнатьева “СИМЭХ“ национальнай киин директора.
• “Саха сирин историятыгар ойуулуур-дьүһүннүүр искусство кэрэ эйгэтигэр маҥнайгытын элбэх киһи кыттыылаах айылҕаҕа уруһуй- пленэр тэрилиннэ! Сүүстэн тахса ходуоһунньук уруһуй кэрэ абылаҥар умсулҕаннаах үлэ тэриллибит“ Анжелика Николаевна Бережнова “Институт Геокультурного развития“ үөрэх салаатын оҕо искусствотын оскуолаларын методиһа.
• “Омук төрүт үгэстэрэ, тыла, сатабыла- креативнай индустрия бигэ тирэҕэ“ Таиса Петровна Сергина, Сивцев Павел Евсеевич. Республиканскай ресурснай центр “Юные Якутяне” специалистара
• “Ойуунускайбыт үйэттэн үйэҕэ ыччат сүрэҕэр тылла турдун!!! Ити курдук үрдэлтэн үрдэлгэ баран истин» — Екатерина Петровна Чехордуна педагогическай наука кандидата, СР үтүөлээх учуутала, Ойуунускай ааҕыылара бырайыак төрүттээччитэ.
Норуот сүдү баайын- тылын уонна сатабыллаах дьарыгын хас да хайысхаларынан оҕо аймах, ыччат, дьон сэргэ бииргэ тоҕуоруһан түмсүүлээх айымньылаах үлэнэн айхаллаатыбыт!
Форум пресс киинэ